Сэтинньи 29 күнүгэр Тойбохой нэһилиэгэр Трофим Корнилов аатынан СаДуоБа (Саахымат, дуобат, баарыс) көрүңңэ улуус аһаҕас күрэ5э ыытылынна
Трофим Трофимович байанайдаах булчут, нэһилиэк олоҕор активнай позициялаах, саахыматчыт, дуобатчыт этэ. Кэргэнинээн Астра Иннокентьевналыын «Иэйии» бальнай үҥкүү коллективыгар сылдьан араас үҥкүү күрэстэригэр миэстэлэһэллэрэ.
Тэрээһини Трофим Трофимович кэргэнэ Астра Иннокентьевна, оҕолоро, кийииттэрэ, күтүѳтэ тэрийдилэр. Кыттааччыларга, кѳрѳ кэлбит ыалдьыттарга итии чэйдээх, минньигэс астаах сандалы тэрийбиттэр. Күрэх нэьилиэк баһылыгын Станислав Васильевич Егоров э5эрдэтинэн саҕаланна.
Күрэххэ Элгээйиттэн, Сунтартан, Кирииэстээхтэн, Уһун Күөлтэн, Маар Күөлтэн уонна Тойбохойтон уопсайа 18 киһи кыттыыны ылла.
1 миэстэ Григорьев Павел Анатольевич (Сунтаар)
2 миэстэ Непомнящий Ньургун Степанович (Сунтаар)
3 миэстэ Лаптев Айсен Анатольевич (Маар Күөл)
Трофим Трофимович оҕолоро олохтообут 25000, 15000, 10000 солкуобайынан наҕараадаланнылар. Ону таһынан 4, 5 миэстэ буолбут Алексей Григорьев (Сунтаар), Анатолий Иванов (Уһун Күөл) уонна Кириэстээхтэн 89 саастаах саамай аҕа саастаах оонньооччулар олохтоох дьаһалта туруорбут бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Тойбохой саахыматы, дуобаты таптааччылара туруорбут бириистэрин хаһаайынынан саамай эдэр оонньооччу Тойбохойтон Иванов Коля буолла. Күрэххэ эр дьону кытта тэҥҥэ оонньообут 4 кэрэ аҥаарга эмиэ Трофим Корнилов дьиэ кэргэнэ биирдии бэйэлэригэр бириис туттартаатылар.
Аны кэлэр күрэхтэргэ эр дьону уонна дьахталлары тус туһунан оонньотуохха диэн кэпсэтии буолла. Күрэх бэрт истиҥник тэриллэн сэргэх тэрээһин буолла.




Понравилась статья? Ставь лайк 😁👍






Комментарии (0)